Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан Өксөкүлээх Өлөксөй «Былыргылыы алгыс» хоһоонунан уруйдуубут

«Саха сиригэр ким билбэтий, ким истибэтий Өксөкүлээх Өлөксөйү? Сиртэн сиргэ, сылтан сылга сыҕарыйан сылдьан – саха тылын хомуйбут, умнуллубут тойуктары булбут, киһи аайы ааспыт олох быһыытын-майгытын тылынан кэпсээбит, сурукка бэлиэтээбит, ырыа оҥостубут Өлөксөй Кулаковскай...», – диэн суруйбута аатырбыт поэппыт Платон Ойуунускай. Өксөкүлээх Өлөксөй – аан маҥнайгы бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллибит саха ырыаһыта- хоһоонньута, айар тыл аҕата. Өксөкүлээх Өлөксөй хоһоонньут эрэ буолбатах, кини саха былыргы олоҕун чинчиһитэ. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицейин уолаттара Алексей Елисеевич Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй «Былыргылыы алгыс» хоһоонунан өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээтилэр.